Сyгyрyйэбин ийэбэр!

Мэтириэккин кёрёбyн иннибэр
Тyёскэр мэтээллэрин-
Киэн туттар бэлиэлэринг.
Туохтаа5ар да ордук
Кэтэhэр кyнyнг -кыайыы кyнэ.

Yёрэр кётёр о5о сааhынг
Хара yлэнэн солбулунна5а,
Хаста да ийэ5ин сyтэрэн
Эрэйи элбэхтик биллэ5инг.

Тонгмокко тот сылдьар инниттэн
Yлэлээн айаххын ииттэринг.
Ииппит ийэнг тапталын билэнгнгин
Yлэнэн иитиллэн кэлбитинг.

Эдэркээн уолаттар сэриигэ,
Кыргыттар кyннэтэ yлэ5э.
Эр киhи yлэтин толорон
Ийэ5инг кытары сылдьарынг.

Ийэ дойдуну кёмyскээн
Элбэх да ыччат сyппyтэ.
Курус санаалаах ийэлэр-
Yлэ фронун байыастара.

Утуйар уугутун умнангнгыт
Дьyккyёрдээх  yлэнэн тыыннаммыт
Сэрии кэмин о5олоро,
Саха сирин дьахталлара!

Хараххыт уутун киэр илгэнгнгит,
Элбэх да сyтyгy тулуйбут,
Эйэлээх оло5у тутуспут
Тулуурдаах кыргыттар эбиккит.

Ийэкээм, ээн ааспыт оло5унг
Олоххо тапталын туоhута:
Тёрёппyт эн сэттэ о5олорунг
Сэриини билбэтэх дьоллоохпут.

Сyгyрyйэбит ийэкээм эйиэхэ,
Эрэйи эккинэн билэнгнгин
Харгыhы туоратан испиккин,
О5олорум туhа диэн мэлдьитин
Харыстаан ииппиккин эбит эн.
Эйиэхэ ыытабын махталбын,
Мунгура биллибэт тапталбын.


ТАБЫЛЛААНАЙ
ыам ыйын 9 кyнэ 2020


Рецензии